Миграционнай сокуону кэһэр түгэҥҥэ эппиэтинэһи сүгүү
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин миграционнай сокуонун кэспит дьон Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сокуонугар олоҕуран эппиэтинэһи сүгэллэр.
— страховой медицинскэй полиһа суох уонна суут быһаарыытынан төлөммөтөх иэстээх буоллаххына
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр төлөммөтөх ыстыраабы уонна нолуоктаах иэһи толору төлүөххэр диэри
— өскөтүн 90 cууккаттан ордук, болдьохтоох кэмин иһигэр холбоон 180 суукка үлэ докумуонун оҥотторбокко сырыттахха – Арассыыйскай Бэдэрээссийэгэ киирии бырааба 3 сыл быһыллар;
— Үс cыл иһигэр хайа баҕар иккиттэн элбэх административнай кэһиини уонна административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт буоллахха – Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии үс сылга көҥүллэммэт;
— Биир сыл иһигэр миграционнай режими кэһэн, иккиттэн элбэх административнай эппиэтинэскэ тардыллыы иһин Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии биэс сыл устата көҥүллэммэт;
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сокуонунан сылдьыы болдьоҕо 30 хонуктан тахсыбытын кэннэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии үс сыл иһигэр көҥүллэммэт, 180-270 сууккаҕа диэри Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии биэс сыл иһигэр көҥүллэммэт, 270 хонуктан үөһэ – уон сыл.
Киирии бобулларын таһынан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин миграционнай сокуонун кэһии иһин административнай эбэтэр холуобунай эппиэтинэс сүктэриллэр.
Административнай эппиэтинэһи туох иһин сүгэбит?
— быстах кэмҥэ кэлбит сиргэ сэттэ күн ааспытын кэннэ миграционнай учуокка быстах бириэмэҕэ турбатах иһин;
— миграционнай учуот уорганнарыгар миграционнай учуот уларыйбытын туһунан сэрэппэтэххэ (кэлбит сирин уларыйыыта – олорор сир);
— Быстах кэмҥэ олорорго көҥүл ылыы / олорууо көрүҥүн ылыы баар эрээри миграционнай учуокка турууну уһаппатахха;
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэ-уотугар быстах кэмҥэ хорҕойор сирдээҕиҥ туһунан туоһу суругу ылан баран, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар сылдьар болдьоҕу уһаппатахха;
— тас дойду гражданинын быстах кэмҥэ олорорго көҥүл ылыы / олорууо көрүҥүн ылыы көрдөрүүтүнэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр олорорун туһунан миграция эйгэтин толорор былааһын бэдэрээлнэй сирин-уотун уорганыгар биллэрбэтэҕинэ;
— миграционнай сокуонунан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэ-уотугар кэлэр бырааптааҕын туоһулуур докумуона суох буоллаҕына;
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киириитин кытта Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар билиҥҥи дьарыга сөп түбэспэт буоллаҕына;
— патена суох үлэлии сылдьар буоллаҕына;
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр 0 (нуул) быраһыан хааччахтаах омук үлэһиттэрдээх экэнэмиичэскэй үлэ туспа көрүҥнэринэн дьарыктаннаҕына;
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирэн баран, 30 халандаар күнэ бүппүтүн кэннэ үлэ патенын тас дойду гражданина ыларыгар;
— миграционнай учуокка турарыгар сымыйа, олоҕо суох сибидиэнньэлэри биэрбитин иһин.
Туох иһин холуобунай эппиэтинэһи сүгүөххэ сөбүй?
— Сымыйа докумуону туттуу уонна оҥоруу иһин. Сымыйа докумуон иһин икки сылга диэри көҥүлү быһаллар эбэтэр хааччахтыыллар. Сымыйа докумуону тутуннахха, 80 тыһыынчаҕа диэри ыстараап эбэтэр алта ыйга диэри хаайыы (Арассыыйа бэдэрээссийэтин Холубнай кодксын 327-с ыстатыйатынан);
— Омук гражданина Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сирин быһа туорааһына көҥүллэммэтин, киирэрэ көҥүллэммэтин туһунан билэр эрээри ону кэспит буолллаҕына, түөрт сылга диэри көҥүлэ быһыллар эбэтэр 300 тыһ. солк. диэри ыстырааптанар (Арассыыйа бэдэрээссийэтин Холубнай кодксын 322.2 ыстатыйатынан);
— Омук гражданина сымыйанан учуокка туруорар түбэлтэҕэ ылааччы өттө 100 тыһ. 500 тыһ. солк. диэри ыстырааптанар эбэтэр үс сылга диэри көҥүлэ быһыллар (Арассыыйа бэдэрээссийэтин Холубнай кодксын 322.3-с ыстатыйатынан).