«Сомоҕолоһуу» («Содружество») мобильнай сыһыарыы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кэлбит омук сирин гражданина туһанарыгар бары өттүнэн табыгастаах, көдьүүстээх ресурсанан буолар. Сыһыарыыга миграция боппуруостарыгар аналлаах сүрүн иһитиннэриилэр уонна быраактыка өттүнэн сөптөөх эрэкэмэндээссийэлэр, докумуоннары толоруу туһунан уонна Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир иһитиннэриилэр толору бааллар. Ыйынньык-каартаҕа омук гражданиныгар аналлаах аадырыстар уонна тустаах тэрилтэлэр төлөпүөннэрин нүөмэрдэрэ ыйыллыбыттар. Онлайн-эрэсиим көмөтүнэн резюмены толоруохха, үлэни булуохха, авиабилиэттэри атыылаһыахха, госпошлинаны төлүөххэ сөп. Манна Саха сирин устуоруйатын, култууратын уонна үтүө үгэстэрин кытта толору билсиэххэ сөп. Бу сыһыарыы омук сириттэн кэлбит гражданин Саха сиригэр олоҕо-дьаһаҕа сөп түбэһэригэр уонна олохтоох дьону кытта биир тылы буларыгар көмөлөһөр.