Саха Өрөспүүбүлүкэтэ модун Арассыыйа Бэдэрээссийэтин саамай улахан субьегынан буолар. Сибиир хотугулуу-илин өттүгэр киэҥ сиринэн-уотунан тайаан сытар. Арассыыйа тэбэр сүрэҕэ Москуба куораттан 8468 км ыраах сытар, сирин-уотун уопсай иэнэ 3083,5 тыһ. км. (хотугулуу-арҕааттан 2500 км., соҕуруулуу илинтэн — 2000 км.)
Тапталлаах Сахабыт сирэ Арассыыйа атын дойдуларыттан уратыта тыйыс, тымныы айылҕалаах. Кыыдааннаах тымныы кыһына Саха сирин дьиктилээх ураты көстүүтүнэн буолар. Ол курдук тоһуттар тымныылаах, сытыы тыаллаах, мөһүүрэ хаар киэргэллээх кыһына алтынньы ыйтан саҕалаан муус устарга диэри салҕанар.
Сиэдэрэй сибэкки симэхтээх, сандааран тахсар күннээх, сырал куйаас сайына бэс ыйыттан саҕалаан атырдьах ыйыгар диэри салҕанар. Самаан сайына кылгас да буоллар, олус куйаас, итии күннэрдээх буолар. Аан дойду үрдүнэн Хотугу эргимтэҕэ саамай тымныы бэлиэтэммит сиринэн-уотунан Саха сирин Дьааҥы уонна Өймөкөөн улуустара буолаллар. Манна кыһынын 72 кыраадыска тиийэ тымныйар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2 судаарыстыбаннай (саха уонна нуучча тыллара) уонна 5 бигэргэммит олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар (долганнар, чукчалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар) тыллара Сокуонунан олохтоммуттара. Ыччат дьон бэйэтин төрөөбүт төрүт тылын-өһүн, кутун-сүрүн иҥэринэн, киһи аймах уопсай култууратын кытта дьүөрэлээн үүнэ-сайда туралларыгар болҕомто ууруллар.
Арассыыйаны кытта тэҥнээн көрдөххө, бириэмэбит хаамыыта уратылаах. Ол курдук, Москубаны кытта тэҥнээтэххэ, биһиги бириэмэбит +6,+7,+8 чааһынан уратылаһар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 36 муниципальнай тэриллии баар: 34 оройуоннааҕы уонна 2 куораттааҕы уокуруктар. Муниципальнай оройуон састаабыгар, бастатан туран, тыа сирин нэһилиэктэрэ уонна куораттар киирэллэр. Уопсайа 365 нэһилиэк, 31 национальнай уокурук баар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куората Дьокуускай 1632 сыллаахха төрүттэммитэ.
Саха сиригэр 129 олохтоох уонна атын омук бэрэстэбиитэллэрэ эйэлээхтик олороллор. Ол иһигэр, сахалар — 49,9 %, нууччалар — 37,8%, украинецтар —2,2 %, эбээннэр — 1,6 %, татаардар — 0,9 % уо.д.а.
Саха сирэ элбэх араас омук бэрэстэбиитэллэригэр иккис төрөөбүт дойдуларынан буолар. Кинилэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үлэни, үөрэҕи үрдүктүк тутаннар, Сахабыт сирэ чэчирии сайдарыгар хас биирдии омук бэйэтин кылаатын киллэрсэр. Хас биирдии омук төрөөбүт төрүт тылларын, итэҕэллэрин, култуураларын кэнчээри ыччаттарыгар үөрэтэргэ дьулуһаллар. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 75 араас национальнай култуурунай түмсүүлэр бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Кинилэри барыларын түмэр, айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүр күүһүнэн буолар — Саха сирин норуоттарын Ассамблеята. Ассамблея араас хабааннаах үлэни ыытан, дойдубутугар ил-эйэ баар буоларыгар, бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүттэн Саха сиригэр саҥа историческай кэрдиис кэм саҕаламмыта. Ол курдук, Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин 2 сиэссийэтигэр Саха сирэ суверенитеты ылынарын туһунан Декларация бигэргэммитэ. Бу сүдү суолталаах докумуону ылыныыга 1991 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт Михаил Ефимович Николаев уонна норуот дьокутааттарын өҥөлөрө сүҥкэн улахан. Саҥа докумуон быһыытынан Саха сирэ Арассыыйа иһинэн Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэ статустаммыта.
Саха сирэ бэйэтин сиригэр-уотугар судаарыстыбаннас бары быраабын ылынар, Конституциятынан салаллар (РСФСР, ССРС Конституцияларын билинэр, ол эрээри Арассыыйа уонна Сойуус сокуоннара Саха сирин интэриэһин утарар буоллахтарына, Үрдүкү Сэбиэт, Федеративнай уонна Сойуус дуогабарыгар олоҕуран, хайдах баҕарар көтүрэр быраабы ылбыта), Федеративнай дуогабары түһэрсэр, атын өрөспүүбүлүкэлэри кытары тэҥҥэ Сойуус дуогабарыгар кыттар бырааптаах, туспа гражданстволаах, валюталаах буолуохтааҕа. Атын эрэгийиэннэри кытта быһаччы экэнэмиичэскэй сыһыаннаһыыны олохтуура эмиэ ыйыллыбыта. Декларацияҕа тылы-өһү, култуураны, үгэһи сайыннарыы туспа пуун быһыытынан киирбитэ.
Саха тыла нуучча тылын сэргэ судаарыстыбаннай тыл статуһун ылыммыта. Саҥа докумуонунан биһиги эрэгийиэммит былаас уорганнарын тыырсар бырааптаммыта. Ситэриилээх, сокуону таһаарар уонна суут былаастара диэннэр баар буолбуттара. Бу Декларацияҕа сир баайын туһаныыга ойуччу болҕомто ууруллубута. Ол курдук сир, сир баайа, уу, ойуур, туох баар үүнээйи, хамсыыр харамай, салгын куйаара — барыта Саха сирин бас билиитигэр киирбитэ.
2018 сыл балаҕан ыйын 27 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханынан Айсен Сергеевич Николаев талыллан ситиһиилээхтик үлэлиир.
Саха сирин судаарыстыбаннай бырааһынньыктарынан буолаллар:
Муус устар 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ;
Бэс ыйын 21 күнэ – Ыһыах күнэ;
Балаҕан ыйын 27 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ.