Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылыныы
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылыныы (62№-дээх-ФЗ Бэдэрээссийэ сокуонун 11 ыстыйата):
а) Төрүөҕүттэн;
б) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылыныы түмүгэр;
в) Арассыыйа гражданствотын чөлүгэр түһэрии түмүгэр;
г) 62№-дээх-ФЗ Бэдэрээссийэ сокуонунан эбэтэр Арассыыйа Бэдэрээссийэтин аан дойдутааҕы дуогабарыгар көрүллүбүт атын төрүөккэ олоҕуран.
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылыы уопсай уонна судургутуллубут бэрээдэгинэн оҥоһуллар. Уопсай уонна судургутуллубут бэрээдэк төрүөтүнэн, усулуобуйатынан, туһааннаах сайабылыанньа көрүллэр кэминэн уонна быһаарыы ылыллар компетенциятынан уратылаһар.
Сайабылыанньанан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылыыга Уопсай бэрээдэк быһыытынан быһаарыыны Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бэрэсидьиэнэ ылар, оттон судургутуллубут бэрээдэгинэн – регион таһымыгар Арасыыйа ИДьМ туһааннаах органын салайааччыта.
Арассыыйа гражданствотыгар уопсай бэрээдэгинэн ылыы усулуобуйата 62№-дээх-ФЗ Бэдэрээссийэ сокуонун 13 ыстатыйатыгар ыйыллар. Биир сүрүн усулуобуйа Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр биэс сылтан итэҕэһэ суох үргүлдьү олохсуйан олоруу буолар.
Арассыыйа гражданствотыгар судургутуллубут бэрээдэгинэн 2002 с. ыам ыйын 31 күнүгэр бигэргэммит “Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын туһунан” Бэдэрээссийэ сокуонун 62№-дээх-ФЗ 14 ыстатыйатыгар (салгыы — Бэдэрээссийэ сокуонун 62 №-дээх-ФЗ) ыйыллыбыт сорох дьон категориятыгар сөп түбэһэр усулуобуйалар, төрүөттэр баар эрэ түгэннэригэр ылыллар:
1. Гражданствота суох сирэйдэр, урукку ССРС гражданстволаах ССРС састаабыгар киирсэр судаарыстыбаларга олорор, олорбут уонна ол судаарыстыба гражданствотын ылымматахтар.
2. Омук гражданнара уонна гражданствота суох сирэйдэр:
а) РСФСР сиригэр-уотугар төрөөбүттэр уонна урукку ССРС гражданнара;
б) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданинын кытта үс сылтан итэҕэһэ суох эр-ойох сыһыаннаах, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар олорооччулар;
в) Үлэни кыайбат буолбут уонна үлэлиир кыахтаах кыыстаах эбэтэр уоллаах, уон аҕыс сааһын туолбут Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданнара оҕолоохтор;
г) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина оҕолоохтор, — өскөтүн, биир төрөппүт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина эрээри өлбүт, эбэтэр сокуон күүһүгэр киирбит суут уурааҕынан, сураҕа суох сүппүт, үлэни кыайбат буолбут, эбэтэр хаарчахтаах үлэни кыайар, төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт, эбэтэр төрөппүт бырааба хаарчахтаммыт буоллаҕына;
д) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина, уон аҕыс сааһын туолбут кыыс эбэтэр уол оҕолоох уонна сокуон күүһүгэр киирбит суут уурааҕынан, үлэни кыайбат буолбут, эбэтэр хаарчахтаах үлэни кыайар, — өскөтүн, атын төрөппүтэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина эрээри өлбүт, эбэтэр сокуон күүһүгэр киирбит суут уурааҕынан, сураҕа суох сүппүт, үлэни кыайбат буолбут, эбэтэр хаарчахтаах үлэни кыайар, төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт, эбэтэр төрөппүт бырааба хаарчахтаммыт буоллаҕына;
е) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина буоларга сайабылыанньа биэрэр күҥҥэ диэри холбоон биир сылтан итэҕэһэ суох, 2002 с. от ыйын 1 күнүн кэнниттэн судаарыстыба аккредитациялаах Арассыыйа үөрэҕин эбэтэр наукатын тэрилтэтигэр сүрүн профессиональнай үөрэх бырагырааматынан идэ ылбыт уонна Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар үлэлиир;
ж) Урбаанньыт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина буоларга сайабылыанньа биэрэр сылыгар Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бырабыыталыстыбата бэрээдэктээбит эргиэн көрүҥүнэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр холбоон үс сылтан итэҕэһэ суох урбаанынан дьарыгырар. Уонна ыйыллыбыт кэмҥэ сыл ахсын Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Биэнсийэ пуондатыгар нолуок, страховка взноһун 1 мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох сууманы төлөөбүт;
з) Инвестор, Арассыыйа юридическай сирэй уставной (складочнай) капитала 10 бырыһыантан кырата суох, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бырабыыталыстыбата бэрээдэктээбит эргиэн көрүҥүнэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин территориятыгар холбоон үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлиир. Арассыыйа юридическай сирэй уставной (складочнай) капитала 100 мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох уонна ыйыллыбыт кэмҥэ сыл ахсын Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Биэнсийэ пуондатыгар нолуок, страховка взноһун 6 мөлүйүөн солкуобайтан кырата суох сууманы төлөөбүт;
и) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина буоларга сайабылыанньа биэрэр күҥҥэ диэри холбоон биир сылтан итэҕэһэ суох Арассыыйаҕа Минтруд бигэргэппит, судургутуллубут бэрээдэгинэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина буоларга бырааптаах омук гражданнара уонна гражданствота суох сирэй идэ (специальность, дуоһунас) испииһэгэр киирбит идэҕэ(специальноска, дуоһунаска үлэлиир;
к) Төрөппүт, саатар биирэ, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина уонна Арассыыйа сиригэр-уотугар олорор;
л) Беларусь, Казахстан, Молдова эбэтэр Украина Өрөспүүбүлүкэлэрин гражданнара;
2.1. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин олохтоохторо, нуучча тылын билээччилэр Бэдэрээссийэ сокуонун 62 №-дээх-ФЗ 33.1 ыстатыйатыгар олоҕуран;
2.2. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданинын кытта эр-ойох буолбуттар, Арассыыйа сиригэр-уотугар олороллор, кэргэнниилэр төрөппүт оҕолордоохтор;
3. Үлэни кыайбат буолбут, Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр урукку ССРС састаабыгар киирсэр судаарыстыбаттан көһөн кэлбиттэр, олорор сирдэринэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр 2002 с. от ыйын 1 күнүн туругунан бэлиэтэммиттэр;
4. Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ, урукку ССРС гражданстволаах уонна Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар олорор;
5. Оҕо, төрөппүтүттэн биирдэстэрэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданина, төрөппүт, эппэкиин, попечитель сайабылыанньатынан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылааччы;
6. Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр кыраныыса таһыгар олорооччу биир дойдулаах, баҕа өттүнэн көһөн кэлиигэ көмөлөһөр судаарыстыба бырагырааматын кыттыылааҕа, быстах кэмҥэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр көһөн кэлэргэ көҥүл ылбыт эбэтэр Арассыыйа Бэдэрээссийэтин субъегын сиригэр-уотугар регистрациялаах, эбэтэр олорорго талбыт сиригэр учуокка турбут;
7. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Бэрэсидьиэнин ыйыытынан, Бэдэрээссийэ сокуонун 62 №-дээх-ФЗ бастакы чааһын 29 ыстатыйатынан категорияҕа киирсэллэр:
— Украина Донецкай, Луганскай уобалаһын сорох оройуоннарын олохтоохторо;
— Украина гражданнара, атын судаарыстыба гражданствотын ылымматахтар, Крымҥа уонна Севастополь куорат олохтоохторо, 2014 с. кулун тутар 18 күнүн иннигэр бу мтргэ-уокка барбыттар, ону кытта кинилэр оҕолоро, иитиигэ ылыллыбыттара, кэргэттэрэ уонна төрөппүттэрэ;
— Гражданствота суохтар, Крымҥа уонна Севастополь куоракка төрөөбүттэр, бастайааннай олорбуттар, 2014 с. кулун тутар 18 күнүн иннигэр бу сиртэн-уоттан барбыттар, ону кытта кинилэр оҕолоро, иитиигэ ылыллыбыттара, кэргэттэрэ уонна төрөппүттэрэ;
— Украина гражданнара уонна граждаснтвота суохтар, Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр быстах кэмҥэ олорорго көҥүллээхтэр, тэскиллээччи дастабырыанньалаахтар, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар быстах хорҕойор сир ылар туоһу суруктаахтар эбэтэр Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр судаарыстыбаннай бырагыраама кыттыылааҕа, кыраныысса таһыгар олорон баҕа өттүнэн көһөр сибидиэтилистибэлээхтэр, 2014с. муус устар 7, 27 күннэригэр дылы Украина Донецкай, Луганскай уобалаһыгар олорбуттар уонна ону кытта кинилэр оҕолоро, иитиигэ ылыллыбыттара, кэргэттэрэ уонна төрөппүттэрэ;
— Омук гражданнара уонна гражданствота суохтар, бэйэлэрэ эбэтэр чугас аймахтара, ииппиттэрэ эбэтэр кэргэттэрэ Крым АССР сириттэн-уотуттан сокуоннайа суох депортацияламмыттар ону кытта кинилэр оҕолоро, иитиигэ ылыллыбыттара, кэргэттэрэ уонна төрөппүттэрэ;
— Афганистан Ислам Өрөспүүбүлүкэтин, Ирак Өрөспүүбүлүкэтин, Йеменскэй Өрөспүүбүлүкэ уонна Сирия Араб Өрөспүүбүлүкэтин, РСФСР сиригэр-уотугар уонна уруккута СССР гражданстволаахтар, ону таһынан кинилэр оҕолоро, ол иһигэр иитиигэ ылбыт оҕолор, кэргэнниилэр уонна төрөппүттэр.
Ону таһынан, 1999 сыл олунньу 26 күнүнээҕи Беларусь, Казахстан, Кыргыз Өрөспүүбүлүкэлэрин уонна Арассыыйа Бэдэрээссийэтин икки ардынааҕы гражданствоны ылыы судургутуллубут бэрээдэгэр олоҕуран, Казахстан, Кыргыз, Беларусь Өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоохторо Арассыыйа Бэдэрээссийэтин иэнигэр судургутуллубут бэрээдэгинэн гражданство ылаллара оннугар хаалар.
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын ылыы, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын чөлүгэр түһэрии, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотыттан тахсыы, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствота баарын-суоҕун бэрэбиэркэлэтии иһин 3 500 солк. суумалаах судаарыстыбаннай пошлина төлөнөр. Бэдэрээссийэ сокуонун 62№-дээх-ФЗ 16 уонна 20 ыстатыйатыгар олоҕуран, сайабылыанньа төттөрү ыллахха, судаарыстыбаннай пошлина төннөрүллүбэт.