Хайа түгэҥҥэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киириини аккаастыахтарын сөбүй?
— страховой медицинскэй полиһа суох уонна суут быһаарыытынан төлөммөтөх иэстээх буоллаххына
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр төлөммөтөх ыстыраабы уонна нолуоктаах иэһи толору төлүөххэр диэри
— өскөтүн 90 cууккаттан ордук, болдьохтоох кэмин иһигэр холбоон 180 суукка үлэ докумуонун оҥотторбокко сырыттахха – Арассыыйскай Бэдэрээссийэгэ киирии бырааба 3 сыл быһыллар;
— Үс cыл иһигэр хайа баҕар иккиттэн элбэх административнай кэһиини уонна административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт буоллахха – Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии үс сылга көҥүллэммэт;
— Биир сыл иһигэр миграционнай режими кэһэн, иккиттэн элбэх административнай эппиэтинэскэ тардыллыы иһин Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии биэс сыл устата көҥүллэммэт;
— Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сокуонунан сылдьыы болдьоҕо 30 хонуктан тахсыбытын кэннэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии үс сыл иһигэр көҥүллэммэт, 180-270 сууккаҕа диэри Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр киирии биэс сыл иһигэр көҥүллэммэт, 270 хонуктан үөһэ – уон сыл.
Киирии бобулларын таһынан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин миграционнай сокуонун кэһии иһин административнай эбэтэр холуобунай эппиэтинэс сүктэриллэр.