Холуобунай эппиэтинэс
Туох иһин холуобунай эппиэтинэһи сүгүөххэ сөбүй?
— Сымыйа докумуону туттуу уонна оҥоруу иһин. Сымыйа докумуон иһин икки сылга диэри көҥүлү быһаллар эбэтэр хааччахтыыллар. Сымыйа докумуону тутуннахха, 80 тыһыынчаҕа диэри ыстараап эбэтэр алта ыйга диэри хаайыы (Арассыыйа бэдэрээссийэтин Холубнай кодксын 327-с ыстатыйатынан);
— Омук гражданина Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сирин быһа туорааһына көҥүллэммэтин, киирэрэ көҥүллэммэтин туһунан билэр эрээри ону кэспит буолллаҕына, түөрт сылга диэри көҥүлэ быһыллар эбэтэр 300 тыһ. солк. диэри ыстырааптанар (Арассыыйа бэдэрээссийэтин Холубнай кодксын 322.2 ыстатыйатынан);
— Омук гражданина сымыйанан учуокка туруорар түбэлтэҕэ ылааччы өттө 100 тыһ. 500 тыһ. солк. диэри ыстырааптанар эбэтэр үс сылга диэри көҥүлэ быһыллар (Арассыыйа бэдэрээссийэтин Холубнай кодксын 322.3-с ыстатыйатынан).