Сонуннар

Олорооһун көҥүлүн ылыы

Олорооһун көҥүлэ – омук сирин гражданина Арассыыйа Бэдэрээссийэ сиригэр көҥүл олорор быраабын туоһулуур докумуон, докумуону ылбыт гражданин Арассыыйа Бэдэрээссийэтин көҥүл тахсар, киирэр кыахтаах. Ону таһынан бу докумуон гражданствота суох киһи кини тус бэйэтин туоһулуур кыахтанар.

Олорооһун көрүҥэ хааччаҕа суох болдьоххо бэриллэр.Ол эрээри үрдүк бэлэмнээх идэлээх үлэһиккэ уонна кини дьиэ кэргэнигэр болдьох үлэ эрэ кэмигэр бэриллэр.

Олорооһун көрүҥэр көҥүлү ылыы Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр 1 сылтан итэҕэһэ суох кылгас кэмҥэ көҥүлүнэн олорбут омук сирин гражданыгар бэриллиэн сөп. Олорооһун көрүҥэр көҥүлү ыларга сайабылыанньа 8 ыйтан итэҕэһэ суох олорон баран уонна быстах кэмҥэ олорор көҥүл бүтүө 4 ыйтан хойутааһына суох бэриллэр.

Олорооһун көрүҥүн көҥүлүн ылыы быстах кэмҥэ олорорго көҥүлу ылбатах да маннык омук гражданнырын араҥатыгар бэриллэр.

  1. Урукку СССР гражданнарыгар уонна РСФСР сиригэр төрөөбүттэргэ;

  2. 18 саастарын туола илик уонна төрөппүтэ (иитээччитэ, опекуна, көрөөччүтэ) больдьоҕо суох кэмҥэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр олорор буоллаҕына;
  3. 18 саастарын туола илик уонна төрөппүтүн (иитээччитин, опекунун, көрөөччүтүн) кытта Арассыыйа Бэдэрээссийэ сиригэр олорор больдьоҕо суох кэмҥэ олорорго көҥүл көрдөөччүлэргэ;
  4. Төрөппүтэ (иитээччитэ, опекуна, көрөөччүтэ) уола, кыыһа больдьоҕо суох кэмҥэ Арассыыйа Бэдэрээссийэ сиригэр олорор буоллаҕына уонна Арассыыйа Бэдэрээссийэ гражданнара буоллахтарына;
  5. 18 сааһын сиппит , дойдутун сокуонунан кыаҕа суох (недееспособный) эбэтэр хааччахтаах кыахтаах (ограниченно дееспособный) төрөппүтүн (иитээччитин, опекунун, көрөөччүтүн) кытта Арассыыйа Бэдэрээссийэ сиригэр олорор больдьоҕо суох кэмҥэ олорорго көҥүл көрдөөччүлэргэ;
  6. 18 сааһын сиппит , дойдутун сокуонунан кыаҕа суох (недееспособный) эбэтэр хааччахтаах кыахтаах (ограниченно дееспособный) төрөппүтэ (иитээччитэ, опекуна, көрөөччүтэ) Арассыыйа Бэдэрээссийэ сиригэр олорор больдьоҕо суох кэмҥэ олорор буоллаҕына;
  7. Омук сирин гражданыгар нуучча тылын баһылаабыт буоллаҕына, 2002 сыл муус устар 31 күнүнээҕи № 62 –ФЗ “Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын туһунан» Бэдэрээлнэй сокуон 33.1. ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн;
  8. Бэйэтэ эбэтэр чугас аймаҕа, иитээччитэ, кэргэнэ сокуоннайа суох Крым олохтоохторун департациялааһынтан эмсэҕэлээбитин ол кэннэ чөлүгэр түһэриллибитин (реабилитация) туһунан Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Ис дьыала, прокуратура органнарыттан, сууттан докумуоннаах буоллаҕына;
  9. Үрдүк бэлэмнээх идэлээх үлэһит уонна кини дьиэ кэргэнигэр 2002 сыл от ыйын 25 күнүнээҕи №115 –ФЗ “ Омук гражданнара Арассыыйа Бэдэрээссийэтин бырааптарын туһунан» Бэдэрээлнэй сокуон 13.2. ыстатыйатыгар сөп түбэһиннэрэн;
  10. Олорооһун көрүҥэр көҥүлү ыларга сайабылыанньаны Арассыыйа Бэдэрээссийэ сиригэр 6 ыйтан итэҕэһэ суох үлэлээбит омук гражданнара уонна гражданствота суохтарга сайабылыанньа бэриллибит күнүттэн 6 ый иһигэр үлэлээбит кэмигэр үлэ биэрээччи кылгас кэмҥэ көҥүлүнэн олорбут омук сирин гражданыгар бэриллиэн сөп. Болдьоҕо суох кэмҥэ олорорго көҥүлү ыларга сайабылыанньа 8 ыйтан итэҕэһэ суох олорон баран уонна кылгас кэмҥэ олорор көҥүл бүтүө 4 ыйтан хойутааһына суох бэриллэр. Арассыыйа Бэдэрээссийэтин үлэлээх буолууну иилиир – саҕалыыр (салайар) ситэриилээх федеральнай органнарынан бигэргэтиллибит квалификациялаах идэлэргэ, дуоһунастарга үлэлээбит кэмигэр үлэ биэрээччи Арассыыйа Бэдэрээссийэтин пенсионнай фондатыгар страховой усунуоһу төлүүрэ булгу ирдэнэр;
  11. Арассыыйа Бэдэрээссийэтэ үрдүк үөрэҕи биэрэр судаарыстыбаннай аккредитациялаах үөрэх тэрилтэтин күнүскү форматын бүтэрбиттэргэ;
  12. Арассыыйа Бэдэрээсийэтигэр олорооччуга гражданствотын больдьоҕо бүппүттэргэ;

  13. Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр үйэтин тухары олорбут, ол гынан баран Арассыыйа Бэдэрээссийэтин гражданствотын кыайан ылбатахтарга. Суут уурааҕынан буруйу оҥорорго холоммут Араассыыйа Бэдэрээссийэтин Холуобнай кодексын 205, 205.1 ыстатыйаларынан, 205.2 сытатыйа 25 чааһынан, 205.3 – 205.58, 2506, 208 ыстатыйаларынан, 211 ыстатыйа 4 чааһынан, 281, 282.1 – 282.3 чааһынан уонна 360 ыстатыйа (террористическай дьайыы) буруйу оҥорбута биллибит дьонтон уратыларга;
  14. 2002 сыл ыам ыйын 31 күнүнээҕи № 62 –ФЗ « Арассыыйа Бэдэрээссийэ гражданствотын туһунан» Бэдэрээлнэй сокуон 33.1. ыстатыйатыгар сөп түбэһэр омук сирин гражданнарыгар;
  15. Сөбүлэһии 4 ыстатыйатыгар, 1 пуунугар Беларусь өрөспүүбүлүкэтин гражданыгар Арассыйа Бэдэрээссийэтэ уонна Беларусь өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар көҥүл сылдьалларыгар уонна олороллоругар тэҥ бырааптаахтарын ыйыллар.