Медицинскэй страхование туһунан
Медицинскэй страхование туһунан
Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр медицинскэй полис икки көрүҥэ баар: булгуччулаах уонна баҕа өттүнэн оҥоһуллар. Медицинэ страхованиетын булгуччулаах страховой медицинскэй полиһа (ОМС) Арассыыйа Бэдэрээссийэтин бары сиригэр босхо медицинскэй көмөнү ылары мэктиэлиир. ОМС полиһын быстах кэмҥэ олорорго, олохсуйарга көҥүллээх эбэтэр быстах кэмҥэ хорҕойор сирдээх омук гражданнар ылаллар.
ОМС полиһын болдьоҕо:
– Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар куруук олорор омук гражданнарыгар уонна гражданствота суохтарга биир халандаар сыла бүтүөр диэри болдьохтоох кумааҕы полис бэриллэр;
– Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сиригэр-уотугар куотан кэлээччилэргэ уонна быстах кэмҥэ олорор гражданнарга уонна гражданствота суохтарга халандаар сыла бүтүөр диэри болдьохтоох кумааҕы полис бэриллэр. Ол эрээри полис болдьоҕо кэлэн олорор сыл болдьоҕуттан эбэтэр быстах кэмҥэ олорор көҥүл болдьоҕуттан уһун буолбат.
ОМС полиһа маннык страховой хампаанньаларга оҥоһуллар:
ООО «РОСГОССТРАХ»
г. Якутск, ул. Пушкина, д.10,
8 (4112) 42-37-05; 8 (4112) 35-60-17
Пн.-пт. 09.00-18.00 (обед 13:00-14:00)
«САХАМЕДСТРАХ»
г. Якутск, ул. Курашова, д. 40/1,
8 (4112) 44-44-99, факс 8 (4112) 32-56-43
Пн.-пт. 9.00-18.00
СМК «КАПИТАЛ»
г. Якутск, пер. Глухой 2/1,
8 (4112) 25-00-37, 8-800-100-81-02
Пн.-пт. 09:00-17:00; Сб. 09:00-13:00
Онтон атын түгэннэргэ Арассыыйа Бэдэрээссийэтин сокуонугар олоҕуран, Арассыыйа сиргэр-уотугар кэлэр бары омук гражданнара чахчы үлэлиир баҕа өттүнэн ылбыт медицинскэй страхование полистаах (ДМС) буоулуохтаахтар. Бу полис Арассыыйа сиригэр-уотугар үлэлиир патены ылыыга эрэ буолбакка омук гражданнара Арассыыйа медицинскэй тэрилтэлэриттэн кэмигэр сөптөөх уонна таһымнаах медицинскэй өҥөнү ылалларыгар туһалаах.
ДМС полиһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин хайа баҕарар судаарыстыбаннай медицинскэй тэрилтэтиттэн медицинскэй көмөнү ылар бырааптаналлар.
ДМС полиһын оҥорторууга туох докумуон ирдэнэрэ:
- Национальнай пасторт;
- Көһүү туһунан нотариуһунан бигэргэтии (оригинал эбэтэр копия);
- Миграционнай карта\виза;
- Миграционнай учуот.
ДМС полиһын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баар хайа баҕарар страховкалыыр тэрилтэҕэ оҥорторуохха сөп.
Страховая компания «ВСК»
г. Якутск, ул. Ойунского, д. 7,
Пн.-чт. 09:00-18:00; Пт. 09:00-16:45
Страховая компания «ИНГОССТРАХ»
г. Якутск, ул. Кулаковского, д. 20,
Пн.-пт. 9:00-18:00
Страховая компания «СОГАЗ»
г. Якутск, ул. Орджоникидзе, д. 47,
Пн.-пт. 9:00-18:00